«Тоҥ Суорун талба талаана» төгүрүк остуол
Бүгүн Тараҕай нэһилиэгэр биллэр- көстөр Тараҕай нэһилиэгиттэн төрүттээх олоҥхоһуппут И.И.Бурнашев — Тоҥ Суорун төрөөбүтэ 150 сылыгар аналлаах улахан тэрээһин буола турар. «Тоҥ Суорун талба талаана» диэн төгүрүк остуол ону тэҥэ Тоҥ Суорун аатынан саха балаҕанын арыллыытын сиэрэ- туома, ,,Олоҥхо эйгэтэ- Тараҕай сиригэр» диэн улахан дьоҥҥо аналлаах олоҥхо күрэҕэ буола турар.